top of page

Саха омук конгреһа.

1992 сыл саха омугар бастакы конгреска  саха народнай суруйааччыта, М.Горькай уонна П.А. Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреата, суруйааччылар Союзтарын бэрэссэдээтэлэ Софрон Петрович Данилов дакылаатын ааҕан баран санаалар....

Кини: “Саха сирэ – сахалар төрүт Ийэ дойдубут. Бу сир бүттүүммүт дьылҕатын биһигэ, олоҕун уйата, дьолбут – соргубут да, муҥмут – сорбут  да төрүтэ. Быһата, кини дьылҕата  - биһиги  дьылҕабыт, кини дьоло -  биһиги дьолбут, кини соро – биһиги сорбут. Уонна туох баар  уйулҕабынан  эрэнэн,итэҕэйэн туран этиэхпин баҕарабын: бу күн сырдыгын көрөрбүт тухары кинини  биһигиттэн былдьыыр күүс суох!” – диэн барыбыт  сүрэҕин хамсатардык суруйбута.

       Бу дакылаат олус  суолталаах ис хоһоонноох ханнык баҕар саха киһитигэр өйдөнүмтүө,саха норуота олоҕун – дьаһаҕын аһаҕастык көрдөрөр кэпсиир.

Саха омуга сайдыы суолугар киирэн бэйэтин көрдөрөн атын омуктартан хаалсыбакка олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсан иһэр.

Дакылаат автор санаатынан биһиги норуоппут сүрүн соруктарын,олохпут- дьаһахпыт сүрүн боппуруостарын сытыытык сырдатар:

 - Тыа сирин социальнай сайдыыта (статистика сыыппараларынан ырытар,ынах,сылгы көрдөрүүлэрин.)

- Промышленноска саха ыччатын үлэлээһинэ.

- Экологияны араас программалары оҥорон үлэлээһин.

- Экономическай сыһыан.

- Интеллектуальнай сайдыы.

-  Демография.

       Саха омук быһыытынан баар буоллахпытына тыа сирэ сайдыа. Ыччаты тыа сиригэр олохтоон  дьарыктаах оҥоруу сүрүн сыалбыт буолар.

Билиҥҥи кэм балысханнаах сайдыытыгар ыччаппыт үөрэхтээх, үлэлээх буолара ирдэниллэр.

 Оттон билиҥҥи ыччат сүөһүттэн тэйдэ диэххэ сөп. Тыа сиригэр олохсуйбакка куоракка талаһар буолла.Тыа хаһаайыстыбатын  министерствота маны үчүгэйдик үөрэтэн өссө эбии араас хайысханы булуон сөп.

 Бу билиҥҥи кэм сайдан турдаҕына тыа сиригэр элбэх  фермерскэй хаһаайыстыбалар тэрилиннилэр,араас программалар олоххо киирдилэр.

 Тыа киһитин олоҕор –дьаһаҕар цивилизация бары ситиһиилэрэ баар буоллулар.

Сиргэ  чааһынай бас билии баар буолла эрээри  сир оҥоруутунан дьарыгырыы мөлтөх. Бу  кэскиллээх үлэ бытааран турар.

Саха Республикатын  норуотун  хаһаайыстыбатын  сүрүн салаата промышленность буолар. Олохтоох саха ыччата  промышленность өттүгэр  сыстан үөрэхтэнэн үлэлээн эрэрэ хайҕаллаах. 

        Кэнники кэмҥэ айылҕа харыстабылыгар  республика  салалтата улахан болҕомтону уурар,ол эрээри араас сүһүрүүлэр син биир буола тураллар.

 Кытаанах сокуоннар таҕыстылар, элбэх үлэлэр бараллар,гынан баран мин санаабар, кыаллыбат, итэҕэс – быһаҕас баар.

        Билигин саха ыччата бүттүүн үөрэхтээх, үлэлээх  буоларга дьулуһар,араас омук сиригэр баран үөрэнэр буолуллар.Биһиги бастыҥ суруйааччыларбыт,художниктарбыт айымньылара, ырыаһыттарбыт, ученайдарбыт үлэлэрэ  аан дойду аренатыгар  таҕыстылар.

Уонна Саха сиригэр араас международнай таһымнаах күрэхтэһиилэр ыытыллар буоллуллар.

 Мин санаабар, бу барыта  Саха омуга өй-санаа,айар-дьоҕур өттүнэн ханнык баҕарар омуктартан хаалсыбатын көрдөрөр.

Саха ыччатын иитии,бэйэтин норуотун билэр буолан,сыаналыыр,өйдүүр, өйүүр, үрдүктүк тутар,таптыыр кини  туһугар ыалдьар,үлэлиир –хамсыыр.

  Софрон Петрович Данилов дакылаатыгар ити сылларга тимир суол Саха сиригэр кэлэр түбэлтэтигэр, элбэх мөккүөр тахсыа гынан баран экономическай өттүгэр сүрүн оруоллааҕын этэр. Биир өттүнэн элбэх омук дьоно кэлэн,олохтоох омуктары симэлийэр турукка киллэриэхтэрэ диэн дьон мунчаарарын этэр.

     Билигин ити этэр тимир суолбут  Аллараа Бэстээххэ дылы кэллэ.

     Билиҥҥи кэмҥэ саха киһитэ элбэх оҕолоноругар  кыах үөскээтэ,ол курдук государствоттан араас көмө субсидиялар,материнскай капитал,босхо уһаайба сирэ бэриллэр буолла.

Софрон Петрович Данилов дакылаатын ааҕа олороммун  билиҥҥи кэмҥэ саха киһитэ инникитин хайдах  буолуохтааҕын чопчу да эппит эбит...

Софрон Петрович Данилов бары суруйууларыгар ,үлэлэригэр  саҕаланыаҕыттан бүтүөр  диэри, Ийэ дойдутун,Сахатын сирин иһин туруулаһары  олоҕун  сүрүн  аналынан ааҕара.

       Республикабытыгар   бу 2019 сыл олунньу ыйыгар  Саха омугу долгутар III Конгресс буолаары,улуустартан делегаттар талылыннылар.

    Элбэх сыаллар- соруктар туруохтара диэн тыа сирин олохтоохторо эрэнэллэр.

 

“Мытаахтааҕы музей-галерея” МБТ

научнай сотруднига Лидия Семеновна Григорьева.

11.02.2019 сыл.

20191106_152213.jpg
20191106_152250.jpg
20191106_152451.jpg
20191106_152512.jpg

Саха норуодунай суруйааччыта, бөдөҥ общественнай деятель

Софрон Петрович Данилов төрөөбүтэ 100 сылын көрсө улахан дьонҥо

“История – диэн Киһи, дьон. Кинилэр дьылҕалара”

Өрөспүбүлүкээнскэй литературнай – краеведческай  викторина ыйытыылара:

 

  1. Саха норуодунай суруйааччыта Софрон Данилов биһигин ыйаабыт сирин билэҕин дуо? Ханна төрөөбүтэй?

  2. Софрон Данилов ханнык суруйааччыны кытта утуу-субуу күн сирин көрбүттэрэй?

  3. Ини-бии Даниловтар кыра эрдэхтэринэ Сиинэҕэ ханна олорбуттарай? Өтөхтөрүн аатын суруйаҕыт.

  4. Мытаахха “Суор өтөҕө” диэн сир ханна баарый?

  5. Софрон Данилов Борго үөрэнэ сылдьан хас сыллаахха пионер баһаатайынан үлэлээбитэй?

  6. Софрон Данилов кыраныысса таһыгар хас сыллаахха сылдьыбытай? Ханнык государствоҕа.

  7. “Хотугу сулус” редакциятыгар хас сыллардаахха үлэлээбитэй?

  8. “Мин адьас кыра эрдэхпинэ Сиинэҕэ эбэбэр, ийэм аҕатын аахха иитиллэ сылдьыбытым. Эбэм өлбүт этэ. Эһэм дьиэтин кыра кыыһа уон биэстээх-алталаах Ыстапыай көрөрө. Эдьиийбин мин сүрдээҕин таптыырым. Кини миигин олус атаахтатара”. Бу Софрон Данилов ханнык кэпсээниттэн ылыллыбыт абзаһый?

  9. “Доҕоруом, дуораччы ыллыахха” – диэн ырыа буолбут хоһоонун Софрон Данилов хас сыллаахха суруйбутай?

  10.  Горнайтан Хаҥалас улууһун Чымаадайын оскуолатыгар кимнээх үөрэммиттэрэй?..

  11. Софрон Данилов  аан бастаан бэчээттэммит айымньытын аата. Хас сыллаахха суруйбутай?

  12. “Софрон Данилов” диэн ааттаах муора теплохода хас сыллаахха устубутай?..

  13. Мытаахтааҕы литературнай музейга баар Софрон Данилов бюһун ханнык скульптор оҥорбутай?

  14. Оҕо чуор куоластаах поэта Григорий Данилов “Хайдах-хайдах баҕайыный? Диэн ырыа буолбут хоһоонун хас сыллаахха суруйбутай?

  15. Софрон Данилов Рон Нилов диэн аатынан ханнык хоһоону суруйбутай?

  16. “Софрон Данилов” аатынан алмаас хаһан, ханна, ханнык кимберлитовай трубкаттан хостоммутай?

  17. Сахалартан бастакы академик А.Н. Осипов Сиинэҕэ хас сыллардаахха сылдьыбытай?

  18. Саха норуодунай поэта Семен Данилов суруйбут “Саха үҥкүүтэ” диэн ырыа буолбут хоһооно хас сыллаахтан ылланарый?

  19. Софрон Данилов “Киһи биирдэ олорор” романын нууччалыы ким аан бастаан тылбаастаабытай?

  20. Софрон Данилов прозатын жанрдарынан көрөн наардааҥ. Ханнык көрүҥҥэ ордук хото үлэлээбит эбитий?

  21. Софрон Данилов бастакы кэпсээнин хас сыллаахха суруйбутай? /Кэпсээн аата/

  22. Хоһоону суруйарга дьиҥнээҕи айарга төһө элбэх быраабыланы билиэхтээҕий, поэт ааттаах киһи.

  23. “Суруйуу сүрүн түһүлгэтэ” – дьон майгытын-сигилитин дириҥник арыйан көрдөрөрүнэн биһиэхэ Софрон Данилов үчүгэй”.  Бу ханнык норуодунай суруйааччы эппит этиитэй.

  24. Софрон Данилов бастакы хоһооннорун хомуурунньуга хас сыллаахха тахсыбытай?

  25. “Хас биирдии киһи олоҕо сыалай планета. Суруйааччы буоларга олохтон үөрэниэххэ”. Бу ханнык суруйааччы бэргэн этиитэй?

  26. “Аныгы дьон хоһоон форматын кыайбаттар. Сүһүөх да, рифма да, аллитерация да кыаттарбаттар. Классика – хайдах да балаһыанньаҕа мэлдьи үөһэ турар. Аныгы дьон тылы талбыттарынан сааһылаан-саамылаан суруйаллар. Ол классиктар суруйууларыгар хантан тиийиэй... бу ханнык суруйааччы критическай этиитэй?..

  27. “Киһи кырыйдаҕына, кэннэ уһаатаҕына, иннэ кылгаатаҕына, оҕо сааһыгар эргийэр идэлэнэр диэн номох баар”. Софрон Данилов бу ханнык кэпсээниттэн быһа тардыыный?

  28. Мытаахха “Таас олом” диэн сиргэ үөскээн сытар таас аата. (Минерал аата).

  29. Горнай улууһугар туризм хас сыллаахха аан бастаан тэриллибитэй?

  30. Маатта, Наача диэн туох ис хоһоонноох гидронимнарый?

  31. “Төрөөбүт тылын аахайбат киһи, дьиикэй киһи “. Бу ханнык нуучча биллиилээх суруйааччытын кынаттаах этиитэй?

  32. “Василий Теркин” айбыт аҕата. Саха сиригэр хас сыллаахха кэлэ сылдьыбытай, кимнээҕи кытта?..

  33. “Литература диэн киһи туһунан Киһи кэпсээнэ” Бу ханнык биллиилээх суруйааччы бэргэн этиитэй?

  34. “Өлүөнэ туруук очуостара” айылҕа пааркатын анал логотибын ким оҥорбутай, хас сыллаахха...

  35. “Үрүҥү хара, сымыйаны кырдьык дэттэрээри гынаҕын дуо? Оччоҕо хайа суобаспынан дьон сирэйин утары көрүөхпүнүй, догоор?” Бу Софрон Данилов ханнык кэпсээнигэр суруллубут этииний.

  36. Саха сиригэр аан бастакы академик буолбут кимий. (АН СССР).

  37. “Куһаҕан киһи үчүгэй поэт буолбат” Бу ханнык улуу бөлөһүөк поэт этиитэй?

  38. Революция иннинээҕи сахалартан ким нуучча ыраахтааҕытыгар үс төгүл бара сылдьыбытай? Кини кимий?

  39. Софрон Данилов саха прозатыгар туох саҥа сүүрээни киллэрбитэй?

  40. “Аан дойду айыллыбыт ырыатын” ким суруйбутай? Хас сыллаахха?

  41. Мытаахха тиийэ кэлэ сылдьыбыт Саха Чапаевынан сураҕырбыт гражданскай сэрии албан аатырбыт геройа И.Я. Строд кэргэнин аатын билэҕин дуо?

  42. Саха норуодунай суруйааччыта Е.П.Неймохов Сиинэҕэ хас сыллаахха кэлэ сылдьыбытай?

  43. Софрон Данилов педагогическай институтка немец тылыгар үөрэппит учууталын билэҕин дуо?

  44. Софрон Данилов күннээх Грузияҕа сылдьан суруйбут хоһооннорун бөлөҕүн аата. Кини Грузияҕа хас сыллаахха сынньана бара сылдьыбытай?

  45. 1953с. Горнай оройуона хас нэһилиэктээх этэй? Ааттаталаа.

  46. Саха поэттарыттан биир бастакынан нууччалыы тылбаастаммыт поэт кимий?

  47. Саха сирин саамай дириҥ күөлэ? Дириҥэ төһөнүй?

  48. Нуучча улуу демократ революционера Н.Г.Чернышевскай Бүлүүгэ сыылкаҕа олорон олохтоохторго сөбүлэппит туох дьарыктаах этэй?

  49. “Биһигини тиксиһиннэрбит суол поэзия этэ. Поэзияҕа кини миигиттэн таһыччы дьоҕурдааҕа” – бу Софрон Данилов ханнык биллэр ыстатыйатыттан ылыллыбыт быһа тардыыный?

  50. Горнай улууһугар саамай үрдүк сирдээх-уоттаах нэһилиэк ханныгый? (абсолютнай үрдүгүнэн).

  51. Софрон Данилов саха тылын сайдар кэскилин туһунан туох сүрүн көрүүлээҕэй?

  52. Үс үллэр үөстээх Өлүөнэ өрүс хаҥас салаата – Синнэ аата туох ис хоһоонноох тылый?

  53. Саха норуодунай поэта Семен Данилов Югославияҕа хас сыллаахха айар командировакаҕа бара сылдьыбытай?

  54. “Асфальтит” диэн тугуй? Маннык ааттаах минералы Сиинэҕэ ханнык Саха геолога Аан бастаан булбутай?

  55. “Сэрии уонна сэрииһит” диэн поэманы ханнык норуодунай суруйааччы суруйбутай?

  56. “Сибирский пленник” диэн кими аатыылларай, Саха сиригэр ссылкаҕа кэлбиттэртэн?

  57. Софрон Данилов суруллан испит романын биир биһирэмнээх геройун аата-суола?

  58. “Ити “Кэһии” диэн тылы саҥа сэһэн, остуоруйа диэн өйдөөбүтүм, мин онно Чороҥ соҕотох хараҕа суох оҕонньор туох атын кэһиилээх буолахтыай. Итиэннэ дьиктилээхэй остуоруйаттан ордук күндү кэһии туох баар буолуой бу күн сиригэр” Бу Софрон Данилов ханнык кэпсээниттэн ылыллыбыт абзаһый?

  59. Софрон Данилов СӨ өрөгөйүн ырыатын тиэксигэр ханнык строкалары көннөрбүтэй?

  60. “Мин хас да күн остуолга чугаһаабатаҕым. “Мөлтөх кинигэни суруйуох кэриэтин букатын да суруйбатах ордук”. Бу Софрон Данилов ханнык ыстатыйатыгар баар этииний?

  61. Саха омук улуу олонхото “Дьулуруйар Ньургун Боотур” хас сыллаахха нууччаллыыттан француз тылыгар тылбаастаммытай?

  62. Биирдэ Софрон Данилов академик Д.С.Лихачев ханнык ис хоһоонноох этиититтэн дьүрү диэн дьулайан, бэркиһээн турарый? – Дьэ, туох туһунан эппитэ буолуой? Урут бэркэ ытыктыыр академигэ.

  63. “Якут Манчары” диэн поэманы ким суруйбутай?

  64. Уһулуччулаах сэбиэскэй педагог, сэрии кыттыылааҕа В.А.Сухомлинскай киһиэхэ бу орто дойдуга 4 суолга сүгүрүйүү, ытыктабыл баар буолуохтаах диэбитэ. Ол ханныктарый, биир биир ааттаан сруй.

  65. Бор оскуолатыгар үлэлээбит Саха АССР үтүөлээх учууталларын кимнээҕи билэҕиний, хастарый?

  66. “Бэйэтинээҕэр үчүгэйдик дьахтар дууһатын түгэҕин ким өҥөйөн көрүөй? Бу ханнык саха биллиилээх поэта, драматура эппитэй?

  67. “Софрон Данилов умсугуйар уус-уран тыл уһулуччулаах ууһа, бастыҥ маастара буолар”. Бу ханнык саха биллэр филолог ученайын этиитэй?

  68. “Киһи туох ханнык иннинэ Киһи буолуохтаах, ол кэнниттэн дьэ гражданин аатын ылыахтаах. Куһаҕан киһи хаһан да үчүгэй гражданин буолбат”. Бу ханнык поэт ыллыктаах этиитэй?

  69. Сахалартан бастакыннан 14 САЭ кыттыылааҕа “Восток” станцияҕа кыстаабыт кимий? Ханнык улууһуй?

  70. Софрон Данилов айар стилигэр бэлиэ өрүттэрэ ханныктарый?

  71. “...как сохранила недавние воспоминание о глубоком мартовском снеге и ослепительном солнце, от одинокой фигуре Анны Семеновны Даниловой, уходящей дальше и дальше по молодой березовой аллее...”. Бу ханнык нуучча биллиилээх суруйааччыта суруйбут этиитэй? Борго хас сыллааха кэлэ сылдьыбытай?

  72. “Таптала суох олох – олох буолахтыа дуо? Киһи тапталынан бэйэ-бэйэни даҕаны, сүрэҕи, өйү-санааны – толорсо, туохха барытыгар; үлэҕэ, үөрэххэ, көргө-нарга – өйөһө, өрө көтөхсө сылдьыахтаах”. Бу ханнык суруйааччы тапталга сүгүрүйэн туран эппит этиитэй?

  73. “Киһи олоҕо уһунунан буолбакка, ис хоһоонунан кээмэйдэнэр”. Бу ханнык улуу бөлөһүөк кынаттаах этиитэй?

  74. “Биһиги бэйэбит ааппытыгар туох эмэ этилиннэҕинэ, дэҥи көрбөт буола өһүргэнэн бырдаҥалаһыахпытыгар диэри, хайганарга айхаллаһарга үөрэнэн хааллыбыт”. Бу Софрон Данилов критика туһунан Саха сирин суруйааччыларын хаһыс съеһигэр эппит критическай этиитэй?

  75. “Мытаах сайылыга” диэн ааттаах сир ханнык улууска баарый? Ханнык нэһилиэккэ.

  76. Аан дойду дуоҕатын (знамятын) ким оҥорбутай?

  77. “Ханнык баҕарар норуот ааспытын ытыгылыыр, өлбүттэрин кэриэстиир буоллаҕына эрэ сайдар, барҕарар аналлаах”. Бу Софрон Данилов ханнык кэпсээнигэр баар ыллыктаах этиитэй?

  78. Мытаахха бастакы колхоз ханна тэриллибитэй? Онно бэрэссэдээтэлинэн ким аан бастаан үлэлээбитэй?

  79. М.К.Аммосов (Чаҕылхай Максим) Намҥа ханна төрөөбүтэй? Нэһилиэгин, сирин аатын чуолкайдык суруйаҕын.

  80. Саха норуодунай поэта Савва Тарасов ини-бии Даниловтары кытта ханан-киминэн аймахтыы буоларый?

  81. Дьэкэбиэнкэ диэн кимий? Толору аатын-суолун билэҕин дуо? Мытааҕы кытта туох сибээстээҕий?

  82. “Алаастан арахпатах өбүгэлэрбит аан дойдуну анаараллара”. Бу ким эппит кынаттаах этиитэй?

  83. “Хас киһи - улахан да, кыра да киһи – история иннигэр, норуотун туһугар дьиҥнээх кырдьыгы хайаан да этэн хаалларар мүччүрүйбэт иэстээх”. Бу Софрон Данилов ханнык кэпсээниттэн ылыллыбыт этииний?

  84. “Алтай тыллаах норуоттар кытыы сирдэригэр сылгы иитиитэ: сахалар сылгыны иитиилэрэ” диэн докторскай диссертацияны француз тылынан ким аан бастаан суруйбутай?

  85. Күбээйи диэн топонимы быһааран суруй. Туох ис хоһоонноох тылый?

  86. Мытаах аҕатын ууһа ханна олорбутун туһунан төһө билэҕиний?

  87. Сэттэ уонна кыталык туох сибээстээҕин билэҕин дуо?

  88. Аан бастакынан таба көрөн таптаан ылбыт, ол эбэтэр таптаабыт, тапталы таайбыт киһинэн ким буоларый? Саха аймахха.

  89. “Литература өрүү үөһэ тахса туруу буолбатах. Өрүү шедеврдэри айа туруу буолбатах” Бу ханнык биллиилээх нуучча поэтын ыллыктаах этиитэй?

  90. Киһи кутун наукаҕа туох диэн ааттыылларый?

  91. Нуучча аатырбыт суруйааччыта Антон Чехов уонна Шри-Ланка (о.Цейлон) туох сибээстээхтэрий?

  92. Бүлүүнү тоҕо Үс Бүлүү дииллэрий? Үс Бүлүү диэн этии суолтата.

  93. “Мин онно өйдөөбүтүм сэрии диэн ханнык даҕаны героизм буолбатах, бу Үлэ! Ким үчүгэй үлэһит ол - хорсун сэрииһит, кини герой, ол хорсун сэрииһит, кини герой, ол – кыайыы бэлиэтэ” Бу ханнык биллиилээх сэбиэскэй суруйааччы эппит этиитэй?

  94. Саха норуодунай поэта Семен Данилов бастакы учууталын аата?

  95. Ини-бии Даниловтар учууталлара, фронтовик, биллиилээх суруналыыс Г.Г.Нынныров Горнайга хас сыллардаахха учууталынан үлэлээбитэй?

  96. “Таптал – поэзия, поэзия бэйэтэ эмиэ таптал”. Бу ханнык саха норуодунай суруйааччытын кынаттаах этиитэй?

  97. Улуу Кытай чүөмпэ өйдөөхтөрө аан дойдуга бастакыннан тугу арыйбыттарай, куомпастан саҕалаан?.. (8 изобретений).

  98. “Оттон бэйэтин норуотун таптаабат киһи бэйэтин норуотун тылын-өһүн, культуратын, кэскилин, историятын сирбит киһи, атын норуоттары хайдах да таптыан сатаммат”. Бу Софрон Данилов ханнык көрсүһүүгэ эппит тылларай? Ол көрсүһүү ханна, хас сыллаахха буолбутай?..

  99. “...СофронПетрович биһиги соҕурууҥҥу суруйааччылар ортобутугар хайдах курдук ытыктанарын, убаастанарын. Бэйэтин норуотун аатын-суолун, саха литературатын олус дьоһуннаахтык, үрдүктүк өрө көтөҕө сылдьар, кини курдук, үтүө мааны, түс-бас, астык киһилээххитинэн киэн туттуоххутун наада”. – Бу ханнык Россия биллэр суруйааччытын съезкэ эппит этиитэй?

  100. “Кини олоҕун усталаах-туоратыгар төрөөбүт норуотугар уонна Аҕа дойдутугар саҥаны туругурдар, кэскиллээҕи түстүүр туһугар айбыта, турууласпыта. Норуотун үгэстэрин харах харатын курдук харыстыыра, олоҕун хас биир мүнүүтэтин ол туһугар анаабыта...” Бу ким дакылаакка эппит дириҥ ис хоһоонноох этиитэй?..

 

Биктэриинэ ыытыллар кэмэ:

Алтынньы ый 7 күнүттэн ахсынньы ый 25 күнүгэр дылы 2021с.

Кыайыылаахтар ааттара тохсунньу  23 күнүгэр 2022 сылга  Мытаахтааҕы музей-галерея сайтыгар тахсыаҕа.

 

  • “Кылаан кыайыылаах” 5000 солк наҕараадаланар

  • I- Кыайыылаах  4000 солк наҕараадаланар

  • II-Кыайыылаах 3000 солк наҕараадаланар

  • III-Кыайыылаах 2000 солк наҕараадаланар

  • Кыайыылаахтарга, кыттааччыларга электроннай дипломнары, туоһу суруктарын электроннай почталарыгар ыыталыыбыт.

  • Эппиэттэргитин muzeumytakh2014@mail.ru  почтаҕа ыытаҕыт.

  • Этпиэткитигэр толору ааткытын, эл.почтаҕытын, улуускутун суруйан ыытаҕыт.

 

 

Викторина боппуруостарын хомуйан оҥордо,Владимир Прокопьевич Парфенов,

НГУо чилиэнэ, суруналыыс, төрөөбүт кыраайы чинчийээччи.

Горнай, Дьиикимдэ бөһ.

Заголовок 1

Саха норуота барҕарыы суолунан НПК

bottom of page